Куорат баһылыга үлэтин саҕалаата: Айсен Николаев уонна Дмитрий Садовников Дьокуускайы кэрийдилэр

Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Дьокуускай куорат баһылыга Дмитрий Садовниковы кытта киин куоракка оробуочай сырыыны оҥордо. Бу туһунан СӨ баһылыга МАКС-ка иһитиннэрдэ.
Оробуочай сырыы Аэропорт оройуонуттан саҕаланна. Манна хаарбах туруктаах дьиэлэр көтөрүллүбүттэрин кэнниттэн Дьокуускайдааҕы авиационнай училище саҥа кампуһа тутуллара былааннанар.
Айсен Николаев Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай ааҕыныстыбаны кытта сири-уоту босхолууру уонна бырайыагы бэлэмниири түргэтитэргэ соруйда. Ону тэҥэ Ил Дархан Юрий Гагарин аатынан сквер тупсарыы үлэтин хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Бу бырайыагы бүтүн Россиятааҕы куоластааһыҥҥа куорат олохтоохторо бэйэлэрэ талбыттара — уопсайа 17 тыһ. тахса киһи куоластаабыта. Сир-уот саҥардыллыбытын кэнниттэр сынньанар-күүлэйдиир аллеялар баар буолуохтара, оҕолорго анаммыт эйгэни түстүөхтэрэ. Маны сэргэ Аляска-Сибиир трасса летчиктарын хорсун быһыыларыгар анаммыт мемориал бэрээдэктэниэҕэ.
Эбийиэк бэлэмэ 40%-ҥа тэҥнэһэр. Сүрүн үлэлэри балаҕан ыйыгар Куорат күнүгэр түмүктүүр былааннаахтар.
Айсен Николаев уонна Дмитрий Садовников оробуочай сырыы кэмигэр социальнай эбийиэктэр тутууларын уонна суоллар өрөмүөннэрин көрдүлэр. Ил Дархан куорат дьаһалтатын хамаандатын кытта киин куорат сайдыытын туһугар соруктары толорорго бэлэмнээҕин биллэрдэ.
Источник: nvk-online.ru
